Гимн Намского улуса













Нам улууһун Өрөгөйүн ырыата

Сл. В. Ушницкого-Сэки            Муз. В. Зырянова

θлгөмнүүр уулардаах θлүөнэ үрдүгэр,
Былыргы дьыллардаах быйаңнаах биэрэгэр,
Эңсиэли хочотун эриэккэс сиригэр
Күөх мыраан эңэрдээх Нам сирэ чэлгийэр.

​Хос ырыата:

Туругур, тупса тур, тапталлаах улууспут!

Үрдүккэ ыңырар суол ыйар сулуспут.
Урааңхай уутуйан олорбут түөлбэтэ
Уруйдан-айхаллан, Эңсиэли, Нам сирэ!

​Бу манна Максиммыт күн сирин көрбүтэ,
Буурђаhыт мохсођол бу Намтан көппүтэ,
Бу сиргэ төрүүллэр сахаттан саарыннар,
Килбиэннээх талааннар, кэскиллээх ыччаттар.

Илгэлээх быйаңы үлэнэн үксэтиэх,
Дьөhөгөй ођотун сыhыыга дэлэтиэх,
От бурдук үүнүүтүн муоралыы долгутуох,
Күн үөhэ күөрэйдин, күөнэхпит оонньоотун!

Куба кыыл хоңкунуур куолаhа иhиллэр,
θбүгэ алгыhа ол онно этиллэр:
«Баар омук барыта, дьоллоохтук олоруң,
Барђардың Нам сирин, байылыат оңоруң!».