Нам суруйааччылара оҕолорго

 


1932 с. Уус-Алдан оройуонугар Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Мүрү оскуолатын кэнниттэн 1951с. Дьокуускайдааҕы пединститут историко-филологическай факультетын РОЯШ отделениятыгар үөрэммитэ. 1956 с. Орто Халымаҕа Өлөөкө-Күөл оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан 1973 с. диэри үлэлээбитэ. Ити сыл Хамаҕатта орто оскуолатыгар нуучча уонна саха тылын учууталынан анаммыта. «Алдаҥҥа» диэн бастакы хоһооно оройуонун хаһыатыгар 1946 с. бэчээттэммитэ. 

Василий Васильевич Ущницкай — Сэки кинигэлэрин 

киирэн аах...






Ефрем Степанович Сивцев -                    ТАЛЛАН БҮРЭ

төрөөбүтэ 115 сылыгар




   Биһиги биир дойдулаахпыт, талааннах поэт Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ  тохсунньу ый 25 күнүгэр 115 сааһын бэлиэтиибит. Нам улууһугар Бөтүҥ нэһилиэгэр  1909 с. тохсунньу ый 25 күнүгэр  төрөөбүтэ. 

Таллан Бүрэ аан бастаан 1937 с тахсыбыт « Хоһооннор» диэн кинигэтэ саха поэзиятыгар олус сонун, туспа тыллаах-өстөөх, ураты сөҥ куоластаах поэт кэлбитин туоһулаабыта. Саха сирин айылҕатын бэрт мындырдык, уустук ураннык ойуулаан көрдөрбүтэ. Поэмалара «Уолан Эрэлики», Учугэй Өлүөнэни», «Хотойугун», «Көмүс муоһун». Ити поэмалар геройдара бары үрдүк романтикалаах, хараҥаны халбарытар иһин охсуһар, кырдьык иннигэр өлөрү уурбат дьоннор.

1957с. «Көмүс долгуннар» диэн хоһооннорун иккис хомуурунньуга бэчээттэнэр. Онно поэт Саха сирин нуурал – нусхан, айгыр-силик, арыт чымаан, тыйыс айылҕатын дьон дьылҕатын кытта ыкса сибээстээн уустук-ураннык, дириҥ, идейнэй ис хоһоонноохтук туойбута. Оннук хоһооннорунан «Маҥнайгы тэлии», «Көмүс долгуннар», «Манчаары үрүйэтэ», «Куба Туруйа», уо.д.а.




"Көмүс долгуннар"  👈манна киирэн Таллан Бүрэ айымньыларын манна киирэн ААХ


                 Таллан Бүрэ "Көмүс муос" поэма.

Поэт кырачаан ааҕааччыларга анаан суруйбут биир бастыҥ айымньыта. Бу поэма - саха номоҕор олоҕурбут мындыр ис хоһоонноох остуоруйа.

 



                                                    "Көмүс муос" поэманы👈 киирэн аах


Макар Николаевич Жирков - Хара Макаар
1928 с. балаҕан ыйын 8 күнүгэр Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Киномеханик идэлээх. Макар Николаевич лирик-поэт быһыытынан эрэ буолбакка, оҕо суруйааччытын быһыытынан саха литературатыгар бэйэтин суолун-ииһин онкуллаабыт суруйааччы буолар. Ол курдук кини «Күөрэгэй», «Күнү кытта аргыстас» хоһооннорун хомуурунньуктара, «Кэл, тукаам, кэпсэтиэх» диэн кинигэтэ Хара Макаар эргиччи талааннааҕын көрдөрөллөр. Нам улууһун "Отуу уота" литературнай түмсүү чилиэнэ, Саха Өрөспүүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

 


С.Н.Жирков - Хара Макаар "Саппыкылаах сахсырҕа"   

оҕолорго аналлаах хоһооннорун хомуурунньугун киирэн ААХ



Макар Николаевич Жирков - Хара Макаар "Кэл, тукаам, кэпсэтиэх" 

кыра уонна орто саастаах оҕолорго кэпсээннэрин  манна киирэн ААХ


М.Н. Жирков - Хара Макаар "Кэл, тукаам, кэпсэтиэх" кинигэ салҕыытын киирэн ААХ


Бубякин Иван Афанасьевич - Чөҥөчөх "Кыайыылаах былаас оҕолоро"

 Кинигэҕэ сыл араас кэмигэр айылҕа уларыйыыларын, сэрии уонна эйэ итиэннэ күннээҕи олох көстүүлэрин туһунан кыра саастаах оҕолорго аналлаах хоһооннор киирдилэр. оҕолорго, төрөппүттэргэ, уһуйаан иитээччилэригэр ананар.

Кинигэни киирэн ААХ


«Сайын сахалыы ааҕабыт»/ Нам суруйааччылара оҕолорго

 Алын кылаас оҕолорун сайыҥҥы эбии ааҕыы кинигэлэрэ. 



Бубякин Иван Афанасьевич – Чөҥөчөх. Талыллыбыт айымньылар. Нам, 2024.-190 с.

Кинигэҕэ автор араас сылларга тахсыбыт кинигэлэриттэн сценкалар, чабырҕахтар, үгэ, хоһоон, пьеса, кэпсээн, фантазия, остуоруйа, хоһоонунан таабырыннар уонна «Мин олоҕум барыбыт олохпут этэ» диэн роман маҥнайгы чааһа киирдэ. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

                                                      Кинигэни ааҕын, туһанын!


«Сайын сахалыы ааҕабыт»/ Нам суруйааччылара оҕолорго

Дунаев Александр Григорьевич, Почетный гражданин Намского улуса и МО "Хамагаттинский наслег", член Союза журналистов Российской Федерации, отличник культуры и муниципальной службы РС(Я), поэт, член исполнительного комитета Союза писателей Республики Саха (Якутия), долгое время работал председателем улусного объединения авторов и писателей "Отуу уота" Намского улуса, автор многих книг. 



2024 год - Год детского спорта в Намском улусе. Уважаемые наши читатели!    Предлагаем почитать книгу “Мадьыны” («Мас-рестлинг») А.Г. Дунаева, где вошли детские стихотворения, посвященные всем видам спорта.  

👉Дорогие ребята читайте, учите стихи о спорте!  







Комментариев нет:

Отправить комментарий