"МАКСИМ ОҔО СААҺА"
хомуурунньук-кинигэ сүрэхтэниитэ
Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыгар уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Максим Кирович Аммосов 125 сааһынан "Максим оҕо сааһа" хомуурунньук-кинигэ сүрэхтэннэ.
Ааспыт сыл ахсынньытыгар «Максим Аммосов оҕо сааһа» диэн республикатааҕы литературнай конкурс ыытыллыбыта. Күрэх кыттааччылара орто уонна улахан кылаас оҕолоругар аналлаах уус-уран айымньылары суруйбуттара, Максим Кирович Аммосов оҕо эрдэҕинээҕитин туһунан ханна да ахтыллыбатаҕын, сурукка киирбэтэҕин туһунан бэлиэтээн эппиттэрэ. Ол курдук, конкурс үлэлэрэ хомуурунньукка киирэн, кинигэ буолан таҕыста.
“Максим Аммосов оҕо сааһа” кинигэ 1300 ахсаанынан, Семен Новгородов аатынан “Айар” национальнай кыһаҕа оҥоһуллан, бүгүн Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыгар сүрэхтэниитэ буолла. "Айар" кыһа Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин редактора Аксинья Жиркованы кытта кинигэни хомуйан оҥорбут "Нам улууһа" МТ баһылыгын солбуйааччы Мария Игнатьева саҥа хомуурунньугу мустубут ыалдьыттарга билиһиннэрдэ.
Республика сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит биллиилээх государственнай уонна политическай деятель, киэн туттар биир дойдулаахпыт Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар ананан тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитигэр кэнчээри ыччаппыт кыттыыны ылбыта кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, оҕолор Мария Семеновна Улуу убайбыт оҕо сааһын туһунан кэпсээнин болҕойон олорон иһиттилэр, Максим Аммосовка анаммыт ырыалары ыллаатылар, хоһоон ааҕан доргуттулар, дакылааттары кэпсээтилэр, инсценировка көрдөрдүлэр. И.Д.Винокуров – Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрин толоруутугар инсценировка “Максим Аммосов оҕо сааһа”, салайааччы Ядрихинская А.И., Түбэчээн оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Дьяконова Алтынай “М.К.Аммосов” доклад аахта, 2№ Нам орто оскуолатын 2 кылаас үөрэнээччитэ Шамаев Бэргэн “Максим Кирович Аммосов автобиографиятын бастакы чинчийиилэрим” доклад аахта, кылаас салайааччыта Сивцева В.В., Өрөспүүбүлүкээнскэй, улуустааҕы уоланнар ааҕыыларын кыайыылааҕа Татаринов Айсен толоруутугар “ Нам хотойо – Аммосов», сал. Сивцева А.И.
Санааларын үллэстиннилэр, махтал тыл тиэртилэр М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын директора П.Н.Тимофеев, И.С.Гаврильев аатынан Нам 1№-дээх орто оскуола директора Н.Г.Парников, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим директора М.Р.Софронова, И.С.Гаврильев аатынан Нам бастакы № орто оскуола музейын сэбиэдиссэйэ, М.К.Аммосов сиэн балта Яна Егоровна Корякина, Нам улууһун оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорун, үөрэхтээһин салаатын сэбиэдиссэйэ Е.А. Павлова. Кыттыыны ылбыт оҕолор бэйэлэрин санааларын эттилэр, баҕа санааларын тиэртилэр.
"Максим Аммосов оҕо сааһа" хомуурунньукка барыта 11 айымньы киирбит. Кинигэни Аграфена Постникова тупсаҕайдык ойуулаабыт, киэргэппит. СР үөрэҕин уонна наукатын министерствота уонна “Айар” кыһа тэрийэн ыыппыт күрэҕин кыайыылаахтара: Амма улууһун Сулҕаччытыттан төрүттээх саха тылын учуутала Наталия Рязанская-Баардаах ("Кыларыйбат кырдьык"), Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет литература салаатын 3 курсун устудьуона Диана Цыпандина-Айталыына (“Максим мөссүөннэрэ"), Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет литература салаатын 3 куурсун устудьуона Ньургуйаана Огонерова-Келина (“Первые шаги к справедливости”), биһирэммит ааптардар саха норуотун чулуу уола Чаҕылхай Махсыым киэҥ эйгэҕэ сырдатылла илик оҕо сааһын туһунан кэпсээн айарга холоммуттарын бу кинигэҕэ сэҥээрэ ааҕыаххыт, Улуу убайбыт туһунан эбии билиигитин кэҥэтэргитигэр үчүгэй төрүөт буолуо диэн эрэнэбит!
Комментариев нет:
Отправить комментарий